45
Йосеф аттыгар баар туора дьон ортотугар кыайан “ туттунар кыаҕа суоҕуттан: «Киэр барыҥ», — диэн хаһыытаабыт. Онон кини ини-биилэригэр билинэригэр аттыгар туора дьон суох эбит.2Ол эрэн кини марылаччы ытыырын Эгиипэт олохтоохторуттан саҕалаан фараон дьиэтигэр тиийэ истибиттэр.3Йосеф ини-биилэригэр: «Мин Йосефпын, аҕам өссө да тыыннаах дуо?» — диэ-бит. Оттон кинилэр симиттэн кыайан хоруйдаабатахтар.4Йосеф ини-биилэригэр: «Мин аттыбар кэлиҥ эрэ»,— диэбитигэр кинилэр чугаһаабыттар. Онуоха кини: «Мин
Йосефпын, эһиги Эгиипэккэ атыылаабыт инигит буолабын.5Оттон билигин кэмсинимэн, тоҕо диэтэххэ миигин Тана-ра эһиги тускутугар, эһиги тыыннытын араначчылата ыыппыт.6Билигин сир үрдүгэр сут сатыылаабыта икки эрэ сыл буолла. Үүнүүтэ да, хомуура да суох аны өссө биэс сыл баар.7Миигин Танара эһиги тускутугар, эһиги сиргэ хааларгыт туһугар, тыыннаах хааларгыт туһугар улуу абырал буоллун диэн ыыппыта.8Онон, миигин эһи-ги буолбатах, Танара ыыппыта, итиэннэ фараонна аҕа, кини дьиэтигэр тойон, Эгиипэт сиригэр баһылык онор-бута.9Мин аҕабар бара охсун уонна: «Эн уолун Йосеф маннык этэр диэн: «Миигин Танара Эгиипэт баһылыга онордо. Миэхэ кэл, бытаарыма.10Эн Гошен сиригэр оло-руон, мин аттыбар буолуон, эн оҕолорун, эн оҕолорун оҕолоро эмиэ, кыра уонна бөдөн сүөһүн, итиэннэ туох баарын барыта.пСут аны биэс сыл устата буолуоҕа, эн ууһун дьадайбатын туһугар уонна эйиэнэ барыта амньы-раабатын туһугар эйиэхэ тугу барытын оноруом».12Дьэ, бу эһиги уонна мин иним Бэнийэмиин мин эһиэхэ этэр-бин илэ көрөҕүт.13Аҕабар Эгиипэккэ мин албан аатым туһунан уонна тугу көрбүккүтүн барытын тиэрдин уонна аҕабын түргэнник аҕалын», — диэбит.14Кини инитин Бэнийэмиин моонньугар саба түһэн ытаабыт, Бэнийэ-миин эмиэ ытаабыт.15Кини ини-биилэрин барыларын сыллаталаабыт уонна куустуһан туран ытаабыт. Ол кэннэ ини-биилэрэ кинини кытта кэпсэппиттэр.
16«Йосеф ини-биилэрэ кэлбиттэр» диэн сурах фараон дьиэтигэр тиийбитигэр фараон кулуттарынаан сөбүлүү истибиттэр.17Фараон Йосефка эппит: «Убайдаргар «сүө-һүлэргитигэр аста мэнэһиннэрэн баран Ханаан сиригэр барын диэн эт.18Баран аҕаҕытын ылан миэхэ кэлин: мин эһиэхэ Эгиипэккэ бастын сири биэриэм, эһиги сир сүмэтиттэн аһыаххыт» диэ.19Кинилэргэ бу курдук эт диэн эйигин соруйабын: «Маннык гынын: оҕолоргутун уонна ойохторгутун тиэйэргэ Эгиипэт сириттэн көлөтө илдьэ барыҥ, аҕаҕытын аҕалыҥ уонна кэлиҥ.20Мал-гытын аһыйымаҥ, эһиэхэ Эгиипэт сириттэн үтүөтүн биэриэм», — диэн.
21Йисраэль уолаттара инньэ гыммыттар. Фараон дьа-һалынан, Йосеф кинилэргэ көлө уонна суолларыгар ыһык биэрбит.22Хас биирдиилэригэр уларыттар таҥас, Бэнийэмииҥҥэ буоллаҕына үс сүүс үрүҥ көмүс шекели уонна биэстэ уларыттар таҥаһы биэрбит.23Оттон аҕатыгар Эгиипэт баайын мэҥэстибит уон өсүөлү, бурдугу, килиэ-би уонна аһылыгы мэҥэстибит уон тыһы өсүөлү ыыппыт.24Ини-биилэрин ыыппыт, барбыттар. Итиэннэ кинилэргэ: «Суолга иирсимэҥ»,— диэбит.25Кинилэр Эгиипэттэн тахсан Ханаан сиригэр аҕаларыгар Йааковка тиийбиттэр.26Киниэхэ: «Эн уолуҥ Йосеф тыыннаах, итиэннэ билигин Эгиипэт баһылыга», — диэн тиэрдибиттэр. Кини сүрэҕэр ыттарбыт, кинилэргэ итэҕэйбэтэх.27Онуоха уолаттара киниэхэ Йосеф тугу эппитин барытын тиэрдибиттэр, ол эрэ кэннэ уонна Йосеф кинини аҕалтара ыыппыт көлөтүн көрөн эрэ баран аҕаларын Йааков тыына дьэ кэҥээбит.28Йисраэль: «Түксү, уолум Йосеф тыыннааҕына, бэйэм өлө иликпинэ баран көрүөм», — диэбит.

