41
1 Ол кэмтэн икки сыл ааспыт. Фараон түүл түһээбит: арай, өрүс үрдүгэр турдаҕына,2өрүстэн сэттэ үтүө дьүһүннээх, эмис эттээх ынах тахсан иһирик талах быыһыгар мэччийэн барбыттар.3Ол кэннэ мөлтөх дьүһүннээх, көтөх эттээх сэттэ атын ынах тахсан, били ынахтар аттыларыгар өрүс кытылыгар турбуттар4уонна ол — мөлтөх дьүһүннээх, көтөх эттээх ынахтар били толуу дьүһүннээх, эмис эттээх ынахтары сиэн кэбиспиттэр, — фараон уһуктан кэлбит5уонна эмиэ утуйбут, иккиһин түһээбит: арай, биир умнастан сэттэ эмис, үчүгэй куолас үүнэн тахсыбыт.6Онтон, арай, сэттэ синньигэс, тыал охсон куурдубут куоластара үүнэн тахсыбыттар,7уонна ол синньигэс куоластар эмис, толуу куоластары ылан ыйыстан кэбиспиттэр, — фараон уһуктан кэлбитэ: түүл эбит.
8Сарсыныгар фараон кута көтөн, Эгиипэт көрбүөччү-лэрин, өркөн өйдөөхтөрүн барыларын ыныттаран ылбыт уонна кинилэргэ түүлүн кэпсээбит да, фараон түүлүн тойоннуох ким да суох эбит.9Онуоха арыгы кутааччы тутаах үлэһитэ фараонна эппит: «Аньыылаахпын аны кэлэн өйдөөтүм:10фараон үлэһиттэригэр уордайан, мии-гин килиэп астааччы сүрүн үлэһитин кытта хаайыы тойонугар туттарбыта.11Ол түүн иккиэн: кини уонна мин түүл түһээбиппит, иккиэн тус-туспа суолталаах түүллэри көрбүппүт.12Онно биһигини кытта еврей уола баара — хаайыы тойонун кулута. Биһиги киниэхэ түүл-бүтүн кэпсээбиппит, ону кини хас биирдиибит түүлүн тойонноон биэрбитэ.13Биһиэхэ, кини хайдах тойонноо-бутун курдук, буолбута: мин оннубар төннүбүтүм, оттон кинини ыйаабыттара».
14Фараон Йосебы ыныттара ыыппыт. Кинини түргэн үлүгэрдик түрмэттэн таһаарбыттар.15Фараон Йосефка эппит: «Түүл түһээтим да, тойоннуох айылаах суох. Оттон эйигин «иһиттэ да тойоннуур» дииллэрин истибитим».16Онуоха Йосеф фараонна: «Кэбис, оннук буолбатах, этэн-нэ буоллаҕына, фараонна Танара хоруйдуоҕа», — диэн эппит.17Фараон Йосефка эппит: «Түүлбэр, арай, өрүс кытылыгар турар эбиппин.18Арай, өрүстэн эмис эттээх, үтүө дьүһүннээх сэттэ ынах тахсан хомус оту мэччийэн бардылар.19Кинилэр кэннэ аны атын ырыган, дьүһүн-нэринэн олус мөлтөх, көтөх эттээх сэттэ ынах таҕыста. Оннук ынахтары мин бүтүн Эгиипэт сиригэр көрбөтө-ҕүм.20Көтөх, мөлтөх ынахтар били эмис ынахтары сиэн кэбистилэр.21Кинилэр истэригэр киирдилэр, киирбит-тэрэ биллибэтэ: ынахтар бастаан хайдахтара да, оннук ырыган хааллылар. Онтон мин уһуктан кэллим.22Ол кэннэ көрбүт түүлбэр, арай, биир умнастан сэттэ толуу, үчүгэй куолас үүнэн тахсыбыт;23онтон сэттэ хаппыт, синньигэс, тыал охсон куурдубут куоластара үүннүлэр24уонна синньигэс куоластар сэттэ үчүгэй куолаһы ыйыс-тан кэбистилэр. Мин итини көрбүөччүлэргэ кэпсээтим да, быһааран биэриэх ким да суох».
25Онуоха Йосеф фараоҥҥа эппит: «Фараон түүлэ биир — Таҥара фараоҥҥа тугу оҥороору сылдьарын тиэрдибит.26Сэттэ үчүгэй ынах— сэттэ сыл, оттон сэттэ үчүгэй куолас — эмиэ сэттэ сыл, ити биир түүл.27Оттон кини-лэр кэннэ тахсыбыт сэттэ ырыган, мөлтөх ынах, сэттэ синньигэс, тыалтан куурбут куолас — эмиэ сэттэ сыл, сэттэ сут сыла.28Ити — мин фараоҥҥа эппит тылларым: Таҥара тугу гыныахтааҕын фараоҥҥа тиэрдэр, — диэн.29Дьэ, Эгиипэт сиригэр бүттүүнүгэр үүнэр сэттэ сыл өлгөм буолсу.30Ол кэннэ сэттэ сут сыла туруоҕа: Эгии-пэт сиригэр өлгөм олох умнууга хаалыаҕа, сут барытын симэлитиэҕэ.31Сут иннинэ өлгөм буолбута биллиэ да суоҕа— сут оннук ыарахан буолуоҕа.32Оттон фараон түүлэ икки төгүл хатыламмыта— бу Таҥара эппит ты-лын бэрт сотору бигэ толорорун бэлиэтэ.
33Онон билигин фараон өйдөөх, муударай киһини таба көрөн Эгиипэт сиригэр туруоруохтаах.34Фараон дойду үрдүнэн тойоттору туруортардын уонна сэттэ өл-гөм сыл тухары Эгиипэт сирин аһыттан бэһис өлүүтүн хомуйтардын.35Кинилэр өлгөм сылларга кэлбит астан барытыттан хомуйдуннар уонна фараон аһылыгын уурар сиригэр харайдыннар.36Ол аһылык Эгиипэт сиригэр сэттэ сыллааҕы сут кэмигэр, дойду аас-туор кэмҥэ эстибэтин диэн хаһаас буоллун».
37Фараон уонна кини кулуттара ити тыллары сөбү-лүү истибиттэр.38Фараон кулуттарыгар эппит: «Иһигэр Таҥара кутун иҥэринэ сылдьар киһини булуохпут дуо?»39Фараон Йосефка эппит: «Итини барытын Танара эйиэхэ биллэрбитин кэннэ эйиэхэ тэннээх өйдөөх, муударай суох.40Мин дойдубун салай, мин дьонум эн этэргин тутустун-нар, ол эрэн мин олбоҕум эйиэниттэн үрдүк буолуоҕа».
41Фараон Йосефка эппит: «Көр, эйигин Эгиипэт сиригэр баһылык оноробун».42Фараон илиититтэн биһилэҕин устан Йосефка биэрбит. Йосефка чараас лүөн танаһы таныннарбыт уонна кыһыл көмүс сыабы моонньугар кэтэрдибит.43Итиэннэ кинини бэйэтин иккис көлөтүгэр олордоллоругар уонна иннигэр сылдьан «Сөһүргэс-тээн!» диэн хаһыытыылларыгар модьуйбут. Кинини фараон Эгиипэт сирин үрдүнэн туруорбут.44Фараон Йосефка: «Мин фараоммун. Эйигинэ суох Эгиипэт сирин үрдүнэн ким да илиитин да, атаҕын да өрө көтөҕүө суох-таах», — диэбит.45Фараон Йосефка Цафнат-Панеах диэн аат биэрбит уонна киниэхэ Уон диэн дойду алгысчытын Поти-Фера кыыһын Асенааты ойох ылан биэрбит.46Йосеф Эгиипэт ыраахтааҕытыгар, фараонна сулууспалыыры-гар сааһа отута эбит. Йосеф фараонтан тахсан баран Эгиипэт сирин-дойдутун барытын эргийбит.47Сир-дой-ду сэттэ үүнүүлээх сылга ытыс мунунан өллөйөр эбит.48Эгиипэт сиригэр буолбут сэттэ сыл иһигэр кини астан барытыттан хомуйбут уонна ону куораттарга биэрбит, хас куорат ахсын — тулатынааҕы хонуулар астарын хо-муйбут.49Йосеф муора кумаҕын курдук элбэх аһы, киһи ааҕан сиппэтин, хомуйбут, ааҕартан ааспыт.50Сут сыллар иннинэ Йосеф Уон алгысчытын Поти-Фера кыыһыттан, Асенааттан икки уолламмыт.51Йосеф Танара мин эрэй-бин уонна аҕам ууһун барытын умнарбар кыах биэрдэ диэн улахан уолун Менаше диэн ааттаабыт.52Итиэннэ Танара миигин муннаммыт сирбэр уйгулаата диэн иккис уолун Ефраим диэн ааттаабыт.53Эгиипэт сиригэр турбут сэттэ өлгөм сыл ааспыт.54Йосеф эппитин курдук сэттэ сут сыла сатыылаабыт. Сиргэ-дойдуга сут буолбут, арай Эгиипэккэ эрэ килиэп баар эбит.55Эгиипэт сирэ ач-чыктаан барбытыгар, дьон фараонтан килиэп көрдөөн суланар буолбут. Онуоха фараон: «Йосефка барыҥ уонна кини этэрин толоруҥ», — диэбит.56Сир үрдүгэр бары-тыгар сут турбут. Йосеф хаһаастарын арыйан Эгиипэт дьонугар атыылаан барбыт. Эгиипэккэ сут күүһүрэн испит.57Сир-дойду аайыттан дьон Эгиипэккэ Йосефтан килиэп атыылаһа кэлэр буолбут, тоҕо диэтэххэ сир-дой-ду аайы сут сүрдэммит.

