Благотворительность
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

З

Моҕой Айыы Тойон Танара айбыт кыылларыттан барыларыттан саамай угаайылаах өйдөөхтөрө эбит. Кини дьахтартан ыйыппыт: «Быйаннаах сир хайа да ма-һын аһыттан сиэмэн диэн Танара эппитэ, чахчы дуо?»2Дьахтар моҕойго: «Биһиги быйаннаах сир мастарын аһыттан сиэхпитин сөп.3Ол гынан баран, Танара быйан-наах сир ортотугар турар мастан сиэмэн, таарыйыман даҕаны — өлүөххүт, — диэбитэ».4Моҕой дьахтарга: «Олох өлүөххүт суоҕа,5тоҕо диэтэххэ Танара билэр, сиэ-бит күннүтүгэр хараххыт аһыллыаҕа, Танара курдук үтүөнү-мөкүнү арааран билэр буолуоххут», — диэбит.6Дьахтар бу мас аһа сииргэ үчүгэйин уонна киһини кэрэхсэтэр көрүннээҕин, билиини биэрэринэн умсугута-рын көрбүт. Итиэннэ аһыттан ылан сиэбит, өссө эригэр биэрбитэ, анараанныта эмиэ сиэбит.7Онуоха иккиэн-нэрин хараҕа аһыллыбыт: сыгынньахтарын билбиттэр уонна смоковница сэбирдэҕинэн тиктэн бэйэлэрин иилии бааммыттар.8Быйаннаах сиргэ күнүскү сөрүүн тыал ил-гийбитигэр, хааман иһэр Айыы Тойон Танара санатын истэн, киһи ойоҕунаан Айыы Тойон Танараттан быйан-наах сир мастарын быыһыгар саспыттар.9Айыы Тойон Танара киһиэхэ туһулаан: «Ханна бааргыный?» — диэбит.10Кини: «Эн санаҕын быйаннаах сиргэ истээт, сыгын-ньахпын диэн куттанан саһан хаалбытым», — диэбит.пОнуоха: «Сыгынньаххын диэн эйиэхэ ким эттэ? Мин боппут маспыттан сиэбэтэҕин дуо?» — диэбит.12Киһи эппит: «Эн миэхэ биэрбит дьахтарын ол мастан ылан биэрбитин сиэбитим».13Айыы Тойон Танара дьахтарга эппит: «Эн ити тугу гыннын?» Дьахтар: «Моҕой миигин ымсыырдыбыта, ол иһин сиэбитим», — диэбит.14Айыы Тойон Танара моҕойго эппит:

— Ити онорбутун иһин, эн,

Сүөһүттэн да, хонуу да кыылларыттан барыларыттан ордон, эн эрэ кыран!

Өрөҕөҕөр үнэ сырыт,

Күдэн аһылыктан!

15Эн уонна дьахтар ыккардыгар,

Эһиги ыамаларгыт ыккардыгар Өлөр өстөһүүнү олохтуом!

Дьахтар оҕото эйигин үрдүгүттэн үктээтин,

Оттон эн кини тилэҕин тэһитэ кэйиэҕин!

16Оттон дьахтарга эппит:

— Хат буолар кэмнэр эрэйгин элбэттэҕим буоллун, Оҕо төрөтөрүн ыарыылаах буоллун,

Эргэр талаһарын күүстээх буоллун,

Оттон эрин эйиэхэ тойон буоллун!

17Оттон киһиэхэ эппит:

— Дьахтаргын истэннин,

Мин «итинтэн сиэмэ» диэн

боппут маһым аһыттан сиэбиккин.

Эн буруйгуттан сылтаан сир-дойду кыранна,

Онон тыыннааҕын тухары аһыыргын эрэйинэн булуон!

18Сиргэ эрбэһин уонна хатыылаах от үүнүөҕэ,

Эн хонуу отунан аһылыктаныан.

19Хара көлөһүннүнэн килиэптэниэн,

Ол кэннэ, сиртэн кэлбитин — сиргэ төннүөн,

Эн күдэннин — күдэннэ кубулуйуон!

20Адаам ойоҕун Хаава диэн ааттаабыт. Тоҕо диэтэххэ кини икки атахтаах удьуорун төрүттээччи ийэ буолбут.21Айыы Тойон Танара киһиэхэ уонна кини ойоҕор тирии танас онорбут уонна кинилэри таныннарбыт.22Тойон Танара эппит: «Дьэ бу, киһи үтүөнү-мөкүнү арааран билэр биһигиттэн биирдэспит буолла. Аны хайдах эрэ гынан олох маһыгар илиитин уунан аһыттан сиэбэтэр, өлбөт эрэ үөстэммэтэр».23Ол кэннэ сиртэн ылыллыбыта — си-рин-буорун кытта булкуһа сырыттын диэн, киһини Эдиэм быйаннаах сириттэн киэр үүрбүт.24Киһини үүрэн баран, олох маһыгар тиэрдэр суолу манаатыннар диэн, Эдиэм быйаннаах сирин илин өттүгэр Херувимнары уонна эр-гийэ турар уот кылыһы туруорбут.