39
Йосебы Эгиипэккэилдьибиттэр. Кинини фараон 37 үлэһитэ, харабыл тойоно, Эгиипэт киһитэ Потифар йишмаэллэртэн атыыласпыт.2Айыы Тойон Йосебы кытта буолан, табыллан сылдьыбыт, кини тойонугар — Эгиипэт киһитигэр олорор эбит.3Айыы Тойон алгыһа киниэхэ баа-рын, кини тугу гыммыта барыта, Айыы Тойон көмөтүнэн, табыллан иһэрин тойоно көрбүт.4Тойонугар сөбүлэппит, киниэхэ үлэлиир эбит. Тойоно кинини дьиэтигэр бас-көс киһи оҥорбут уонна баарын барытын киниэхэ итэҕэйбит.5Ол күнтэн ыла, дьиэтигэр бас-көс киһи оҥостуоҕуттан, баарын барытын киниэхэ итэҕэйиэҕиттэн ыла, Йосеф ту-һуттан Эгиипэт киһитигэр баары барытын: кини дьиэтин, сирин-уотун Айыы Тойон алҕаабыт.6Онон тойоно баарын барытын Йосефка дьаһайтарар буолан, аһыыртан атыны тугу да билбэт буолбут.
Йосеф буоллаҕына быһыылаах мааныта, дьүһүннээх үтүөтэ эбит.7Йосебы тойонун ойоҕо сөбүлүү көрөн: «Миигин кытта хоонньос», — диэбит.8Кини сөбүлэммэ-тэх уонна тойонун ойоҕор эппит: «Дьэ, тойонум дьиэҕэ тугу да дьаһайбат, баарын барытын мин илиибэр тут-тарбыта.9Бу дьиэҕэ мин киниэхэ баһылыкпын, кини миигиттэн тугу да кистээбэт, эйигиттэн ураты — эн ойоҕо буоллаҕын. Хайдах Танара иннигэр бачча үлү-гэр аньыыны оноруомуй?»10Күннэтэ дьахтар Йосефтан ааттастаҕын ахсын, кини бу дьахтардыын хоонньоһорго, сылдьыһарга буолуммат эбит.пАрай биир күн Йосеф үлэтин толороору дьиэҕэ киирбитигэр, дьиэлээх дьонтон дьиэҕэ ким да суох эбит.12Дьахтар кинини танаһыттан тардан ылан: «Хоонньоһуох», — диэбит. Онуоха Йосеф танаһын кини илиитигэр хаалларан баран таһырдьа ойбут.13Дьахтар, илиитигэр кини танаһа хаалбытын уонна кини таһырдьа ойбутун көрөн баран,14дьиэлээх дьонун ыныртаабыт уонна кинилэргэ эппит: «Көрүн эрэ, биһигини сэнэтээри манна еврей киһитин аҕалбыт. Кини миигин кытта хоонньоһоору миэхэ кэлбитин, мин хаһыытаатым.15Онон эрэ, мин ытыыр, хаһыытыыр сана-бын истэн, танаһын миэхэ хаалларан таһырдьа куотта».16Итиэннэ тойоно дьиэҕэ кэлиэр диэри танаһы бэйэтигэр хаалларбыт.17Эригэр эмиэ ол эппитин хатылаабыт: «Эн аҕалбыт еврей кулутун миигинэн саатанаары, манна кэлэ сырытта.18Арай мин улаханнык хаһыытаабыппар, танаһын миэхэ хаалларан баран таһырдьа куотта», — диэбит.19Тойоно, ойоҕо киниэхэ «эн кулутун миэхэ маннык быһыыланна» диэбитин истэн баран улаханнык уордайбыт.20Тойоно Йосебы ылан ыраахтааҕы буруй-даахтара хааллан сытар хаайыыларыгар биэрбит. Кини хаайыллыбыт.21Ол эрэн киниэхэ Айыы Тойон алгыһа баар буолан, үтүөнү түстээн, хаайыы баһылыга кинини сөбүлээбит.22Хаайыы тойоно хаайыылаахтары барыла-рын Йосеф көрүүтүгэр туттарбыт. Кини хаайыылаахтар дьаһалталара буолбут.23Хаайыы тойоно бас билэрин кэтээн да көрбөт, тоҕо диэтэххэ, Йосебы кытта Айыы Тойон баар эбит, онон кини тугу гынара барыта, Айыы Тойон көмөтүнэн табыллан иһэр эбит.

