Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

33

Йааков көрбүтэ, арай Эсав түөрт сүүс киһи-ОО лээх иһэр эбит. Онуоха кини Лия уонна Рахель оҕолорун, итиэннэ икки кулут дьахталларын оҕолорун тус-туспа туруортаабыт. 2Кулут дьахталларын уонна кинилэр оҕолорун бастаппыт, кинилэр кэннилэриттэн Лия оҕолорунуун буолбуттар, ол кэннигэр Рахель уонна Йосеф испиттэр. 3Бэйэтэ кинилэр иннилэригэр испит, убайыгар чугаһаан иһэн, сиргэ диэри сэттэ төгүл сөһүр-гэстээбит. 4Оттон Эсав киниэхэ утары сүүрэн тиийбит, кууһан ылбыт уонна моонньугар ыйана түһэн сыллаан-уураан барбыт, иккиэн ытаспыттар. 5Кини дьахталлары уонна оҕолору көрөн: «Бу кимнээҕий?» — диэн ыйыппыт. Йааков: «Танара эн кулуккар биэрбит оҕолоро», — диэ-бит. 6Кини кулут дьахталлара уонна кинилэр оҕолоро кэлэн сөһүргэстээбиттэр. 7Лия оҕолорунуун кэлэн эмиэ сөһүргэстээбиттэр, ол кэннэ Йосеф уонна Рахель кэлэн сөһүргэстээбиттэр. 8Эсав: «Оттон миигин аара көрсүбүт уһун үрбэлээх дьон туохха этэй?» — диэн ыйыппытыгар Йааков: «Тойонум санаатын манньытаары», — диэбит. 9Онуоха Эсав эппит: «Миэхэ бэйэбэр да элбэх, эйиэнэ бэйэҕэр хааллын». 10Йааков эппит: «Кэбис даа, өскөтүн эн санааҕын манньыппыт буоллахпына, биэрэр бэлэх-пин ыл. Эн дьүһүннүн көрбүтүм, Танараны көрбүккэ тэн, эн миигин үтүөнэн көрүстүн. пМин эйиэхэ аҕал-быт алгыспын ыл, тоҕо диэтэххэ миигин Танара өлгөм өлүүлээбитэ — миэхэ барыта баар», — диэбит уонна олус көрдөспүтүгэр кини ылбыт. 12Эсав Йааковка: «Чэ, барыах-ха, мин эмиэ эйигинниин барсыам», — диэбит. 13 Йааков киниэхэ: «Оҕолор мөлтөхтөрүн, кыра да, бөдөҥ да сүөһүм ыанарын тойонум билэр ини. Биир күнүнэн үүрэн илтэх-хэ, сүөһүм барыта өлүөҕэ. 14Тойонум, кулутуҥ иннигэр бардаргын. Оттон мин сүөһүлэрбин, оҕолорбун манаан бытааннык тойоммор Сеиргэ тиийиэҕим», — диэбит. 15Эсав: «Мин илдьэ сылдьар дьоммуттан эйиэхэ хаал-ларыам», — диэбит. Йааков: «Ол тоҕо? Тойонум миигин туох иһин итинник үтүөлүөхтээҕий?» — диэбит. 16 Ол күн Эсав кэлбит суолунан Сеиргэ төннүбүт. 17Оттон Йааков Суккуот диэки барбыт. Бэйэтигэр дьиэ туттубут, оттон сүөһүтүгэр сарай туппут. Ол иһин ол сири Сук-куот диэн ааттаабыт. 18 Йааков Падаан-Араамтан төннөн Ханаан сиригэр баар Шехем куоракка этэҥҥэ тиийбит уонна куорат иннигэр ордууламмыт. 19Кини Шехем аҕа-та Хамуор уолаттарыттан сир өлүүтүн атыылаһан онно отуутун туруорбут. 20Онно кэрэх аспыт уонна ол сири Эл-Элохе-Йисраэль диэн ааттаабыт.