2
Халлаан уонна сир силиктэрэ сиппит.2Танара сэт-тис күн үлэтин бүтэрбит, итиэннэ бу онорбут үлэтин кэнниттэн сэттис күнүгэр сынньаммыт.3Танара бу сэттис күнү алҕаабыт, ытык күн онорбут, тоҕо диэтэххэ онно Танара айан онорбутун ситэрбититтэн сынньаммыт.
4Бу— сир уонна халлаан айыллыбытын туһунан номох. Айыы Тойон Танара сирдээх халлааны онорор кэмигэр,5сиргэ буула талаҕа да суоҕа, хонуу ото да үүнэ илигэ, тоҕо диэтэххэ Айыы Тойон Танара сиргэ ардаҕы-самыы-ры кута илигэ, сир кунуһун сөхсүтүөх киһи эмиэ суоҕа.6Арай, сир сылаас тыына тахсан сир ньуурун барытын сиигирдэрэ.7Айыы Тойон Танара буор күдэниттэн киһи-ни онорбут. Ити кэннэ таныытын үүтүнэн олох тыынын үрбүт. Онуоха киһи тыынар тыыннаах буолбут.8Илин диэки Тойон Танара Эдиэмнэ уйгу-быйан сири олохтоо-бут, онно онорбут киһитин олохсуппут.9Тойон Танара сир буоруттан киһи сииригэр уонна көрүөҕэр кэрэ мас эгэлгэтин үүннэрбит. Оттон быйаннаах сир хаба орто-тугар олох маһын уонна үтүөнү-мөкүнү арааран билэргэ аналлаах маһы олордубут.10Эдиэмтэн өрүс тахсан быйан-наах сири нүөлсүтэр эбит, онтон түөрт салааҕа арахсар эбит.11Олортон биирдэрин аата Пишон, көмүстээх Хавил сирин эргийэр эбит.12Ол сир көмүһэ үтүөтүнэн биллэр, онно үчүгэй сыттаах сымала, шохам диэн күндү таас баар эбит.13Иккис өрүс аата Гихон: ол Кууш сирин эргийэ ус-тар эбит.14Үһүс өрүс Декель диэн ааттаах, Ашшуур илин өттүгэр түһэр эбит. Оттон төрдүс өрүс Ферат.15Айыы Тойон Танара киһини ылан быйаннаах сири бэрийдин уонна көрдүн-харайдын диэн Эдиэмнэ олохсуппут.16Кини киһиэхэ бу курдук эппит: «Быйан хайа баҕар маһыттан ылан айаххар аһаа.17Ол гынан баран үтүөнү-мөкүнү араа-рар билии маһыттан сиэмэ. Өскөтүн сиэтэххинэ, сиэбит күннэр өлүөн!»18Айыы Тойон Танара: «Киһи соҕотох сылдьара куһаҕан буолсу, онон киниэхэ холоонноох кө-мөлөһөөччүтэ оноруум», — диэбит.19Айыы Тойон Танара буорунан бары кыылы, халлаан көтөрүн барытын чочуйан онорбут уонна киһиэхэ илдьибит; кини туох диэн аатта-талыырын көрөөрү. Инньэ гынан тыынар тыыннаахтары киһи ааттаабыт.20Киһи сүөһүнү барытын, халлаан көтө-рүн, хонуу кыылын барытын ааттаабыт. Оттон бэйэтигэр холоонноох көмөлөһөөччүнү булбатах.21Онуоха Айыы Тойон Танара киһини кытаанахтык утутан кэбиспит. Утуйбутун кэннэ биир ойоҕоһун ороон ылан баран, ол оннун этинэн бүрүйбүт.22Айыы Тойон Танара ол киһит-тэн орообут ойоҕоһунан дьахтары онорбут уонна киһиэхэ илдьибит.23Киһи эппит:
— Бу — мин унуоҕум сорҕото,
Этим-сииним сорҕото,
Эрин сорҕото буоларын туоһута Ойох диэн буоллун кини аата.
24Ол иһин киһи аҕалаах ийэтин хаалларан ойоҕор тардыһар, кинилиин биир таманнаах буолаары.25Киһи уонна дьахтар иккиэн сыгынньах сылдьар эбиттэр уонна онтон кыбыстыбат эбиттэр.

