Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

4

Адаам ойоҕун Хааваны кытта хоонньоспут. Ойоҕо хат буолбут, Каины төрөппүт уонна эппит: «Айыы Тойон миэхэ эр киһини бэлэхтээтэ».2Өссө уолугар ини-тин Хавелы төрөппүт. Хавель бараан маныыр, оттон Каин сир үлэтигэр сылдьар эбит.

3Күн-дьыл ааспытын кэннэ, Каин сирин аһыттан Айыы Тойонно үүнүүтүн бэлэх илпит.4Оттон Хавель бастакы төрүөхтэн уонна бастын сыатыттан бэлэх илпит. Айыы Тойон Хавелы уонна кини бэлэҕин сэнээрэ көрбүт.5Оттон Каины да, кини бэлэҕин да көрө да барбатах. Онуоха Каин олус абарбыт, сүөм түспүт.6Айыы Тойон Каин-тан: «Туохтан абардын, туохтан сүөм түстүн?» — диэн ыйыппыт,7— «Үтүөнү онорор буоллаххына — төбө-ҕүн өндөт, оттон үтүө буолбатах буоллаҕына — аан айаҕар эйигин аньыы кэтиир. Эйиэхэ талаһар, эн — киниэхэ тойоннун».8Онуоха Каин инитигэр Хавельга: «Хонууга тахсыахха», — диэн ынырбыт. Хонууга тах-сан баран Каин инитигэр Хавельга саба түһэн өлөрөн кэбиспит.

9Айыы Тойон Каинтан: «Инин Хавель ханнаный?» — диэн ыйыппыт. Каин: «Билбэппин, кинини кэтии сылдьабын дуо?» — диэбит.10«Тугу онордун? Инин тохтубут хаанын хаһыыта сиртэн миэхэ иһиллэр.пБилигин эн кыран-наҕын буоллун! Эн илиигиттэн өлбүт инин хаанын инэриммит сир эйигин кыраата.12Сиргэ үлэлээтэргин да, уруккутун курдук эйиэхэ үүнүүтүн биэриэ суоҕа. Эн сир үрдүгэр кэрэдэк, хаамаайы буолуоҕун».13Каин буоллаҕына Айыы Тойонно эппит: «Сүгүөххэ сүдү аньыы-лаах эбиппин.14Дьэ, Эн миигин бу сиртэн үүрдүн, онон эйигиттэн саһа сылдьыам. Сир үрдүгэр кэрэдэк уонна хаамаайы буоллум. Көрсүбүт эрэ киһи миигин өлөрөр кыахтанна».15Онуоха Айыы Тойон киниэхэ: «Каины өлөрбүккэ сэттэ төгүл сэттээх буолуоҕа», — диэн эппит. Итиэннэ ким да кинини көрсөр түгэнигэр өлөрбөтүн диэн, Айыы Тойон Каинна бэлиэ уурбут.16Каин Айыы Тойонтон киэр барбыт уонна Эдиэмтэн илин диэки бар-дахха баар Нод диэн сиргэ олохсуйбут.17Каин ойоҕун кытта хоонньоспут. Онуоха ойоҕо хат буолбут, ол кэннэ Ханоҕу төрөппүт. Каин буоллаҕына, куорат тута сыл-дьар эбит, онон куоратын уолун аатынан Ханох диэн ааттаабыт.18Ханохтан Ираад төрөөбүт, Ираад Михаэ-ли төрөппүт, Михаэл Мэтушаэлы, Мэтушаэл Лаамеҕы.19Лаамех икки ойохтоммут: биирин аата Аада, атына Циллаа диэн эбит.20Аада Йаваалы төрөппүт. Йаваал отуу олохтоох сүөһү көрөөччүлэр төрүттэрэ буолбут.21Кини инитин аата Йуваал кырыымпаҕа уонна ойдуоҕа оонньооччулар төрүттэрэ буолбут.22Циллаа Каинтан Туваал Каины төрөппүт. Кини алтаны уонна тимири таптайар уус буолбут. Туваал Каин балта Наама эмиэ.23Лаамех ойохторугар эппит:

— Аада уонна Циллаа, миигин истин!

Лаамех ойохторо этэрбин болҕойун!

Өлөрүөм:

Өскөтүн миигин эр киһи эчэттэҕинэ,

Өскөтүн уол оҕо оҕустаҕына.

24Өскөтүн Каин туһугар Сэт-сэмэ сэттэ төгүл сэтэриир буоллаҕына,

Лаамех туһугар —

Сэттэ уон сэттэ төгүл буолуохтун.

25Адаам ойоҕун кытта өссө хоонньоспут. Ойоҕо уол оҕону төрөппүт уонна Шиэт диэн ааттаабыт, ол эбэтэр: «Кини — Танара миэхэ Каин өлөрбүт уолун Хавель он-нугар биэрбит төрүөҕэ», — диэбит.26Шиэттэн эмиэ уол оҕо төрөөбүт. Ону кини Энош диэн ааттаабыт. Онтон ыла бары Айыы Тойон аатыгар үнэр буолбуттар.