28
1Йицхаак Йааковы ыҥырбыт уонна алҕаабыт. Итиэннэ киниэхэ: «Ханаан кыргыттарыттан ойох ылаайаҕын», — диэн кэс тылын эппит.2«Оттон билигин Падаан-Араамҥа ийэҥ аҕатын Бэтуэль дьиэтигэр тиий. Уонна онтон бэйэҕэр ийэҥ убайын Лаваан кыргыттарыт-тан ойохто ыл.3Модун Таҥара эйигин алҕаан ууһаттын уонна үксэттин. Эйигиттэн норуоттар хаҥыы турдуннар.4Таҥара Авраһаамҥа биэрбит сирин, эн хонор хоноһо буола сылдьыбыт сиргин эн баһылыырыҥ туһугар Таҥара
Авраһаамна биэрбит алгыһын эйиэхэ уонна эн ыччаккар биэриэҕэ», — диэбит.
5Йицхаак Йааковы ыыппыт. Онуоха кини Падаан-Араам-на Йааков уонна Эсав ийэтин Ривека убайыгар, араам киһитин Бэтуэль уолугар Лаваанна барбыт.6Йицхаак Йааковы алҕыырын уонна кинини Падаан-Араамтан ойох ыллын диэн онно ыыппытын уонна киниэхэ «Ханаан кыргыттарыттан ойох ылыма» диэн кэс тылын эппитин Эсав билбит.7Йааков аҕалаах ийэтин истибит уонна Падаан-Араамна барбыт.8Аҕата Йицхаак Ханаан кыр-гыттарын иһигэр киллэрбэтин Эсав билбит.9Онон кини Йишмаэльга тиийбит уонна Авраһаам уолун Йишмаэль кыыһын, Невайот балтын Махалааты ойохторугар эбии ойох ылбыт.
10Йааков Беэр Шеваттан тахсан Хараанна барбыт.пКүн киирэн, кини аара биир сиргэ хоно хаалбыт. Кини ол сир тааһын ылан төбөтүн анныгар ууруммут уонна онно сыппыт.12Кини түүл түһээбит: арай, сиртэн халлаанна тиийэр кирилиэс тардыллан турар эбит. Ол устун арай Танара аанньаллара үөһэ тахсаллар, аллара түһэллэр эбит.13Арай ол үрдүгэр Айыы Тойон турар эбит. Уон-на эппит: «Мин— Айыы Тойоммун, эн аҕан Авраһаам Танаратабын, Йицхаак Танаратабын. Бу — эн сытар сир-гин эйиэхэ уонна эн ыччаккар биэрэбин.14Эн ыччатын буор бытархайын курдук элбиэҕэ, эн удьуордарын арҕаа, илин, хоту уонна соҕуруу диэки тэнийиэхтэрэ. Эйигинэн уонна эн ыччаккынан сир-дойду уустара алҕаныахтара.15Эн ханна сылдьаргар барытыгар эйигинниин буолуом, эйигин араначчылыам уонна бу сиргэ төннөрүөм. Эйиэхэ эппиппин толоруохпар диэри эйигин хаалларыам суоҕа».16Йааков уһуктан кэлбит уонна: «Чахчы даҕаны бу сир-гэ Айыы Тойон баар эбит, мин билбэтэхпин», — диэбит.17Куттаммыт: «Тугун сүрэй манна? Бу чахчы даҕаны Танара дьиэтэ, халлаан аартыга буолбаат!» — диэбит.18Йааков сарсыарда эрдэ туран били төбөтүн анныгар сыттаммыт тааһынан ылан ытык тааһы туруорбут уонна үрдүгэр олива арыытын куппут.19Уонна ол сири Бэт Эль ол аата Таҥара Дьиэтэ диэн ааттаабыт. Ол иннинэ бу куорат Лууз диэн ааттааҕа үһү.20Йааков андаҕар эппит: «Өскөтүн Таҥара миигин кытта буоллаҕына уонна бу айаммын араҥаччылаатаҕына, миэхэ ас-таҥас биэрдэҕинэ,
21мин аҕам дьиэтигэр этэҥҥэ төнүннэхпинэ, Айыы Тойон мин Таҥарам буолуоҕа,22бу ытык тааһым миэхэ Таҥара Дьиэтэ буолуоҕа. Итиэннэ эн миэхэ тугу биэрэргиттэн барытыттан уон гыммытын эйиэхэ өлүүлүөм«.

