Благотворительность
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

30

Рахель Йааковка сатаан оҕоломмотун билэн V/ эдьиийигэр күнүүлээбит. Кини Йааковка: «Миэхэ оҕото биэр, эбэтэр мин өлүөм», — диэбит.2Йааков Рахель-га кыыһырбыт уонна: «Мин эйиэхэ Танара үһүбүн дуо, оҕо биэрэр?» — диэбит.3Рахель эппит: «Ити мин кулутум Билхаа баар, киниэхэ киир. Мин кини көмөтүнэн оҕо-лонорум туһугар, кини мин түһэхпэр төрөөтүн».4Кини кулутун Билхааны эригэр кэргэн биэрбит, онуоха Йаа-ков киниэхэ киирбит.5Билхаа хат буолбут, Йааковка уол оҕону төрөппүт.6Рахель эппит: «Танара миигин өй-дөөтө-дьүүллээтэ, мин этэрбин истэн, миэхэ уол оҕону биэрдэ», — диэбит, ол иһин уолун Даан диэн ааттаабыт.7Рахель кулута Билхаа хат буолбут, Йааковка иккис уолу төрөппүт.8Онуоха Рахель: «Эдьиийбин кытта Танара күрэҕэр күрэстэстим уонна хоттум», — диэбит уонна уолун Нафталии диэн ааттаабыт.9Лия төрөөн бүппүтүн билбит уонна кулут дьахтарын Зилфааны ылан Йааковка кэргэн биэрбит.10Лия кулута Зилфаа хат буолбут уон-на Йааковка уол оҕону төрөппүт.пОнуоха Лия: «Соргу тосхойдо!»— диэбит уонна уолун Гаад [ол аата Соргу] диэн ааттаабыт.12Лия кулута Зилфаа Йааковка иккис оҕотун төрөппүт.13Онуоха Лия: «Аата, дьоллоннохпуон, миигин дьахталлар дьоллоох диэхтэрэ», — диэбит, уон-на уолун Ашер [ол аата Дьол] диэн ааттаабыт.14Реувен сэлиэһинэй хомуурун саҕана хонууга барбыт, онно оҕо үөскүүрүн көҕүтэр мандрагора диэн үүнээйини булбут. Ону ийэтигэр Лияҕа аҕалбыт. Рахель эдьиийигэр Лияҕа: «Уолуҥ булбут үүнээйитин миэхэ биэр», — диэбит.15Лия Рахельга: «Мин эрбин ылбытыҥ кыра дуо? Аны мин уолум булбут үүнээйитигэр ымсыырдыҥ дуо?» — диэбит. Онуоха Рахель: «Оччоҕо эн уолуҥ үүнээйитин оннугар, эрим бу түүн эйигинниин сыттын», — диэбит.16Йааков киэһэ хонууттан кэлбит. Лия киниэхэ утары тахсан: «Миэхэ киир, мин эйигин уолум булбут отонноругар атастас-тым», — диэбит. Ол түүн кини Лиялыын хоммут.17Таҥара Лияны истибит: кини хат буолбут, Йааковка бэһис уолун төрөппүт.18Лия: «Ити мин кулут дьахтарбын эрбэр биэр-битим иһин Таҥара миигин манньалаата», — диэбит, онон уолун Иссахаар [Манньа] диэн ааттаабыт.19Лия өссө хат буолбут, уонна Йааковка алтыс оҕотун төрөппүт.20Лия эппит: «Таҥара миэхэ үтүө бэлэҕи биэрдэ — эрим миигин өрө тутуоҕа, тоҕо диэтэххэ, мин киниэхэ алта уолу төрөттүм», — диэбит уонна уолун Зевулон [Өрө ту-туу] диэн ааттаабыт.21Ол кэннэ кыыс оҕоломмут уонна Дина диэн ааттаабыт.22Онтон Таҥара Рахели санаа-быт. Таҥара кинини истибит уонна төрүүр төлкөлөөбүт.23Кини хат буолан уол оҕону төрөппүт уонна: «Таҥара миигин сааттан-сууттан босхолоото», — диэбит.24Кини уолун Йосеф [Эбиллии] диэн ааттаабыт уонна: «Айыы Тойон миэхэ эбии уолла биэрдэр», — диэбит.25Рахель Йосебы төрөппүтүгэр, Йааков Лавааҥҥа эппит: «Дойду-бар барарбын көҥүллээ.26Эйиэхэ үлэлээбит манньабар ойохторбун уонна оҕолорбун биэр. Мин эйиэхэ хайдах үлэлээбиппин билэҕин».27Киниэхэ Лаваан эппит: «Бука диэн болҕойон истэриҥ буоллар, эн баар буолаҥҥын байдым уонна Айыы Тойонтон алҕанным».28Итиэннэ кини: «Төһө төлөбүрү көрдүүргүн биэриэм», — диэбит.29Киниэхэ Йааков эппит: «Мин эйиэхэ хайдах үлэлээ-биппин уонна мин баарбына эн сүөһүҥ туруга хайдаҕын билэҕин.30Мин иннибинэ аҕыйах этэ, онтон үксээбитэ. Мин кэлэммин, эйигин Айыы Тойон алҕаата. Бэйэм уус-пар хаһан маннык үлэлиибин?»31Онуоха Лаваан киниэхэ: «Тугу биэрэбин эйиэхэ», — диэбит. Йааков: «Миэхэ тугу да биэримэ. Арай, өскөтүн мин этэрбин толордохху-на, мин эмиэ эн барааннаргын мэччиппитим курдук мэччитиэм, манаабытым курдук маныам.32Мин бүгүн сүөһүҥ үөрүн баран кэрийэрбин көҥүллээ. Эн тыһы ба-рааннартан толбонноохторун уонна эриэннэрин барытын итиэннэ хара дьүһүннээх атыыр барааннары, атыыр, ты-һы козалартан эриэннэрин уонна толбонноохторун ылан туспа араар. Ол — миэхэ төлөбүрүҥ буолуоҕа.33Мантан инньэ эйиэхэ бэйэм оннугар үтүө суобаһым хоруйдуоҕа. Ол курдук өскөтүн бэлиэтэ, эриэнэ суох козалар уонна хараттан ураты дьүһүннээх сүөһү баарын көрдөххүнэ: «Кини миигиттэн уорбут диэр», — диэбит.34Лаваан эппит: «Сөп, эн эппитиҥ курдук буоллун».35Итиэннэ ол күн кини эриэн-дьураа уонна эбирдээх козалары, тол-бонноохтору уонна маҥан эбирдээхтэри, ону тэҥэ хара барааннары барытын туспа арааран ылан уолаттарыгар маната биэрбит.36Бэйэтин уонна Йааков икки ардыгар үс күннүктээх суолу олохтообут. Йааков Лавааҥҥа хаал-быт сүөһүнү көрбүт.37Йааков тэтиҥи, эриэхэлээх маһы уонна эрмон диэн бөдөҥ сэбирдэхтээх маһы ылан, мас этэ маҥхайан көстүөр диэри үрүҥ субаларын сулуйа хастаабыт.38Сулуллубут субалаах мастары, уу иһээри кэлбит сүөһүлэр көрдүннэр диэн уулуур хоруудалар ин-нилэригэр уурталаабыт. Онно уулуу кэлбит сүөһү буоһуур сирэ эбит.39Сүөһү эриэн мас иннигэр буоһуур буолан, эриэн-дьураа, бэлиэлээх сүөһү үөскүүр буолбут.40Йаа-ков ол барааннары арааран, Лаваанна баар эриэн уонна хара сүөһүлэрин иннигэр туруортаабыт. Кини бэйэтин үөрүн, Лаваан сүөһүтүн кытта буолбакка, туспа тутар эбит.41Бөҕө-таҕа сүөһү буоһууругар анаан, Йааков онно эриэн лабаалары, сүөһү көрөрүн гына, хорууда иннигэр уурталыыр эбит.42Оттон мөлтөх сүөһү буоһууругар уур-бат эбит. Оччоҕо мөлтөх сүөһү Лаваанна, күүстээх сүөһү Йааковка тиксэр эбит.43Дьэ бу киһи инньэ гынан тиэрэ байбыт: сүөһүтүн үөрэ ханаабыт, кулуттара диэн, хам-наччыт дьахталлара диэн, тэбиэннэрэ диэн, өсүөллэрэ диэн.