12
Айыы Тойон Авраамна эппит: «Сиргиттэн-X уоккуттан, дьоннуттан-сэргэҕиттэн, төрөөбүт дьиэҕиттэн мин эйиэхэ ыйан биэрэр сирбэр бар.2Оччоҕуна эйигиттэн улуу норуоту удьуордатыам, эйигин алҕыам, суон сураҕырдыам, оччоҕо эн алгыстаах буолуон.3Эйигин алҕааччылары алҕыам, эйигин кыраабыты кырыам. Эн нөнүө киһи аймах барыта алҕаныаҕа».4Онуоха Авраам Айыы Тойон эппитин хоту барбыт. Кинилиин Лот эмиэ барсыбыт. Авраам Хараантан тахсарыгар сэттэ уон биэс саастаах эбит.5Авраам ойоҕун Саараны, убайын уолун Лоту, Хараанна олорон муспут баайдарын-дуолларын уонна дьонун-сэргэтин илдьэ Ханаан сиригэр тиийээ-ри барбыттар. Кинилэр Ханаан сиригэр тиийбиттэр,6Авраам Шехем куорат аттынааҕы Маре аарыма маһыгар тиийбит. Онно оччолорго ханааннар олорбуттар.7Айыы Тойон Авраамна көстүбүт уонна: «Бу сири эн ыччаккар биэриэм», — диэбит. Кини онно, Айыы Тойон көстүбүт сиригэр, кэрэх туппут.8Кини онтон Бэт Эль сирин илин өттүгэр тайаан сытар хайалаах сир диэки сыҕарыйбыт, итиэннэ олохсуйар улахан отууларын туруоруммут, ол арҕаа өттүгэр Бэт Эль, оттон илин өттүгэр Хаай баар эбит. Онно Айыы Тойонно кэрэх туппут уонна Айыы Тойону ааттаан ынырбыт.9Авраам туран Негевкэ кэрийэ барбыт.
10Ол дойдуга сут буолбут. Авраам Эгиипэккэ быстах кэмнэ олохсуйа барбыт. Тоҕо диэтэххэ, били сиргэ улуу сут турбут.пЭгиипэккэ чугаһаан иһэн кини ойоҕор Саараҕа эппит: «Дьэ, бу мин билэбин, эн кэрэ дьүһүн-нээх дьахтаргын.12Эйигин Эгиипэккэ көрдөхтөрүнэ: «Бу — кини ойоҕо» диэхтэрэ уонна миигин өлөрүөхтэрэ, эйигин тыыннаах ордоруохтара.13Эн, миэхэ үчүгэйи онорон: «Балтабын», — диэн этээр эрэ. Мин олоҕум эйигиттэн тутулуктаах.14Авраам Эгиипэккэ киирбитин кэннэ, олохтоохтор дьахтар үтүөкэн бэйэлээҕин көрбүттэр.15Дьахтары фараон кулуттарын тойотторо эмиэ көрбүттэр уонна фараонна тиийэн сөҕөн-махтайан кэпсээбиттэр. Дьахтары фараон дьиэтигэр ылбыттар.16Онон Авраам абыраммыт. Киниэхэ кыра, улахан сүөһү, өсүөллэр, эр дьон да, дьахтар да кулуттар, тыһы өсүөллэр, тэбиэннэр баар буолбуттар.17Айыы Тойон Авраам ойоҕо Саараттан сылтаан фараонна уонна кини дьиэ кэргэнигэр ыар ох-суулары онортообут.18Фараон Авраамы ыныран эппит: «Бу тугу онордун эн миэхэ? Тоҕо эппэтин, кини эн ойоҕун буоларын?19Тоҕо кинини балтым диэтин? Мин буолла-ҕына кинини ойох оностубутум. Билигин дьэ ойоххун ыл уонна бар».20Фараон дьонугар кинини утааралларыгар дьаһал биэрбит. Онуоха кинини уонна ойоҕун, баайын-малын биэрэн туран утаарбыттар.

