Благотворительность
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

17

Авраам тоҕус уон тоҕус сааһыгар киниэхэ Айыы X/Тойон көстүбүт уонна эппит: «Мин Модун Таҥа-рабын. Эн мин этэрбинэн сырыт, оччоҕо эҥкилэ суох буолуоҕуҥ.2Кэс тылбын эн биһикки ардыбытыгар олох-туом. Итиэннэ эн уускун ахса суох элбэтиэм».3Авраам умса нөрүйбүт. Таҥара кинини кытта кэпсэтэ турбут уонна эппит:4«Дьэ, бу, мин эйигинниин кэс тылым — эн үгүс норуот аҕата буолуоҕуҥ.5Мантан инньэ эн аатыҥ Авраам диэн буолбатын, Авраһаам диэн буолаҕын, тоҕо диэтэххэ мин эйигин үгүс норуот аҕата оҥоруом.

6Эйигин ууһатыам, эйигиттэн элбэх норуоттар үөс-күөхтэрэ, ыраахтааҕылар тахсыахтара.7Эн биһикки ардыбытыгар уонна эн кэнчээри ыччаккын кытта кэс тылбын үйэлэргэ олохтуом. Эйиэхэ уонна эн кэнчээри ыччаккар Таҥара буолуом диэн үйэлээх кэс тылбын биэрэбин.8Эйиэхэ уонна кэнчээригэр кэрийэ хаампыт сирдэргин, Ханаан сирин, үйэ-саас тухары биэриэм, кинилэргэ Таҥара буолуом».9Таҥара Авраһаамҥа эппит: «Эн мин кэс тылбын тутус, эн уонна эйигиттэн үөскээ-бит кэнчээри ыччатыҥ эмиэ.10Мин эйигинниин уонна эн кэнчээригин кытта олохтообут кэс тылбынан эһиги эр дьоҥҥутугар барыларыгар быһыллыы сиэрэ-туома оҥоһуллуохтаах. Итини тутуһуох тустааххыт.11УуҺуур сэпкит тас тириитин быстарыҥ. Ол — мин эһигинниин быспыт кэс тылым бэлиэтэ буолуоҕа.12Үйэ-саас тухары эһиги дьиэҕитигэр төрөөбүт хайа баҕар уол оҕо итиэннэ, эн сыдьааныҥ буолбакка, атын дьонтон үрүҥ көмүс-кэ атыыласпыт киһиҥ уол оҕолонноҕуна эмиэ ахсыс күнүгэр быстарыахтаах.13Эһиги дьиэҕит оҕото, харчы-га атыылаһыллыбыт да оҕо булгуччу быһыллыахтаах. Мин кэс тылым туоһута эһиги эккитигэр үйэлээх бэлиэ буолуохтун.14Тас тириитин быстарбатах — быһыллыы сиэрин-туомун барбатах эр киһини, мин кэс тылбын кэспитин иһин, норуота туоратыаҕа».15Ити кэннэ Таҥа-ра Авраһаамҥа эппит: «Ойоххун Саараны Саара диэн ааттаама. Кини аата Саарра буоллун.16Мин кинини алҕыам уонна эйиэхэ киниттэн уол оҕо төрөтүөм. Кини-ни алҕаатахпына, киниттэн дьон-сэргэ уонна норуот ыраахтааҕылара тахсыахтара».17Авраһаам сирэйинэн умса нөрүйбүт, күлбүт уонна иһигэр санаабыт: «Ама, сүүс саастаахтан оҕо төрөөтөҕөй, тоҕус уоннаах дьах-тар Саарра хайдах оҕолонуой?»18Итиэннэ Авраһаам Таҥараҕа эппит: «Йишмаэль эрэ баар буоллун, эн көрүү-гэр».19Таҥара эппит: «Оннук, ойоҕуҥ Саарра эйиэхэ уол оҕону төрөтүөҕэ, кинини Йицхаак диэн ааттаар. Мин кинилиин үйэлэргэ кэс тылбын олохтуом уонна кини кэнчээри ыччатын кытта эмиэ.20Йишмаэль туһунан эн этэргин иһиттим, кинини алҕыам уонна тэнитиэм, олу-һун үксэтиэм. Уон икки кинээс төрүөхтэрэ, киниттэн улуу норуоту төрүттүөм.21Ол эрэн кэс тылбын Саарра эһиил баччаҕа эйиэхэ төрөппүт уолун Йицхаагы кытта түһэрсиэм».22Ол кэннэ Таҥара Авраһаамныын кэпсэтэн бүппүт уонна үөһэ төннүбүт.

23Авраһаам уолун Йишмаэль, итиэннэ кини дьиэтигэр төрөөбүт эр дьон, ону тэҥэ харчыга атыылаһан ылбыт дьонун, Авраһаам ууһун эр дьонун бука барыларын киниэхэ Таҥара эппит күнүгэр барыларын тас тириилэрин быспыт.24Авраһаам тас тириитин быстарарыгар тоҕус уон тоҕус саастаах эбит.25Оттон уола Йишмаэль тас ти-риитин быстарарыгар уон үстээх эбит.26Авраһаам уонна уола Йишмаэль эмиэ чопчу ол күн быстарбыттар.27Кини дьиэтигэр төрөөбүт эр дьон уонна харчыга туора дьон-тон атыылаһыллыбыт уолаттар — бары быстарбыттар.