26
Авраһаам олорбут кэмигэр урукку сут дьыл ларынааҕар ордук улахан сут турбут. Йицхаак пилистиимнэр ыраахтааҕыларыгар Авимелехха Гераарга барбыт. 2Киниэхэ Айыы Тойон көстүбүт уонна эппит: «Эгиипэккэ барыма, мин эйиэхэ эппит сирбэр олохсуй. 3 Бу сиргэ олохсуй, мин эйигинниин буолуом уонна эйигин алҕыам, тоҕо диэтэххэ эйиэхэ уонна ыччаккар бу сир-дэри барытын биэриэм, итиэннэ эн аҕаҕар Авраһаамна биэрбит кэс тылбын толоруом. 4Эн кэнчээригин халлаан сулуһун тэнэ ханатыам, ыччаккар бу сирдэри барытын биэриэм. Эн ыччатын нөнүө сир-дойду дьоно-сэргэтэ алҕаныа. 5Ити— Авраһаам мин этэрбин истибитин уонна мин ыйаахтарбын, сокуоннарбын, такайыыбын тутуспутун иһин». 6Онон Йицхаак Гераарга олохсуйбут. 7Ол сир дьоно киниттэн ойоҕун ыйыппыттарыгар, кини: «Бу балтым», — диэбит. Тоҕо диэтэххэ бу сир дьоно Ривека туһуттан миигин өлөрбөтүннэр диэн, «ойоҕум» диэҕин куттаммыт. Тоҕо диэтэххэ кини дьүһүнүнэн кэрэ эбит. 8 Кини онно олохсуйбута балай да дьыл буолтун кэннэ, пилистиим ыраахтааҕыта Авимелех түннүгү-нэн көрбүтэ: арай, Йицхаак ойоҕун Ривеканы кытта имэрийсэ сылдьар эбит. 9Авимелех Йицхаагы ыныран ылбыт уонна эппит: «Дьэ, ити кини чахчы ойоҕун эбит дии. Тоҕо эн кинини балтым диэбиккиний?» Онуоха Йицхаак киниэхэ: «Кини туһуттан өлүмээрибин эппи-тим», — диэбит. 10Авимелех эппит: «Эн бу биһиэхэ тугу гыннын? Арай, мин дьоммуттан биир эмэ киһи эн ойох-хун кытта хоонньоспута буоллар, эн биһигини буруйга анньаҕын». пАвимелех бар дьонугар дьаһайан эппит: «Бу киһини уонна кини ойоҕун таарыйбыт — өлөрүүгэ ууруллуоҕа!» 12Йицхаак ол дьыл ол сиргэ ыспытыттан сүүс төгүл элбэх ньэчимиэни хомуйбут, тоҕо диэтэххэ кинини Айыы Тойон алҕаабыт. 13 Бу киһибит баайа үүнэ-үксүү турбут, онон улуу баай киһи буолбут. 14 Киниэхэ кыра да, бөдөн да сүөһү үөрэ уонна кулута элбэх эбит.
Онуоха пилистиим дьоно киниэхэ ымсыырар буолбут-тар. 15Онон, кини аҕатын Авраһаам кулуттара хаспыт холуодьастарын барытын пилистиимнэр бүөлээбит-тэр уонна буорунан толорбуттар. 16Онуоха Авимелех Йицхаакка: «Эн биһигиннээҕэр таһыччы кыаҕырдыҥ, онон биһигиттэн бар», — диэбит. 17Йицхаак ол сиртэн барбыт уонна Гераар хочотугар тиийэн отууларын ту-руоран, онно олохсуйбут. 18 Йицхаак аҕатын Авраһаам кэминээҕи уу холуодьастарын, кэлин пилистиимнэр бүөлээн кэбиспиттэрин, хаттаан хаспыт уонна олор-го аҕата иҥэрбит ааттарын биэртэлээбит. 19 Ол хочоҕо Йицхаак кулуттара хаспыттар уонна кинилэр онно уу сыккыһын булбуттар. 20Онуоха Гераар маныыһыттара Йицхаак маныыһыттарын кытта мөккүспүттэр, «биһиги уубут» диэбиттэр. Онон мөккүөр тахсыбытын туоһу-лаан, Йицхаак ол холуодьаһы Эсек диэн ааттаабыт. 21Атын холуодьаһы хаспыттар уонна ол туһуттан эмиэ мөккүспүттэр, ону Ситна [Утарсыы] диэн ааттаабыт. 22Кини онтон салгыы баран, атын холуодьаһы хаспыт. Ол туһунан мөккүөр суох буолбут. Ону Реховот диэн ааттаабыт уонна эппит: «Айыы Тойон биһиэхэ киэҥ си-ри биэрдэ, онон сир үрдүгэр элбиэхпит». 23 Кини онтон Беэр Шеваҕа [Вирсавияҕа] көспүт. 24Киниэхэ ол түүн Айыы Тойон көстүбүт уонна эппит: «Мин — эн аҕаҥ Авраһаам Таҥаратабын. Мин эйигин кытта баарбын, куттаныма. Эйигин алҕыам уонна ыччаккын кулутум Авраһаам туһугар үксэтиэм». 25Кини онно сиэртибэн-ньик туппут уонна Айыы Тойон аатын ааттаабыт. Онно отуутун туруорбут, Йицхаак дьоно холуодьас хаспыттар. 26Киниэхэ Гераартан Авимелех сүбэһитин Ахуззаты уонна сэриитин тойонун Фихолу илдьэ кэлбит. 27Йиц-хаак кинилэргэ эппит: «Тоҕо миэхэ кэллигит? Эһиги миигин абааһы көрбүккүт, киэр үүрбүккүт». 28Кинилэр эппиттэр: «Айыы Тойон эн аттыгар баарын илэ көрдүбүт. Онон эн биһикки андаҕар бэрсиэххэ, иллэ олохтуохха.
29 Ол эбэтэр, биһиги эйигин тыыппатахпытын, эйиэхэ үтүөнү эрэ оҥорбуппутун уонна эйигин этэҥҥэ ыыппып-пытын курдук, эн эмиэ биһиэхэ хара санааны тутуом суоҕа диэн андаҕай. Эйигин билигин Айыы Тойон алҕаата». 30Йицхаак кинилэргэ малааһын оҥорбут, кинилэр аһаабыттар-сиэбиттэр. 31Сарсыарда эрдэ туран бэйэ-бэйэлэригэр андаҕар бэрсибиттэр. Йицхаак кинилэри атаарбыт. Кинилэр этэҥҥэ барбыттар. 32 Ол күн Йицхаак үлэһиттэрэ кэлбиттэр. Кинилэр сыккыс үрдүгэр хаспыт холуодьастарын туһунан эппиттэр. Итиэннэ: «Биһиги уу буллубут», — диэбиттэр. 33Кини ону Шева, ол эбэтэр андаҕар диэн ааттаабыт. Ол иһин ол куорат бу күҥҥэ диэри Беэр Шева диэн ааттанар.
34Эсав төрүөҕүттэн түөрт уон сааһа эбит. Кини Хет ки-һитин Беэр кыыһын Йехудиты уонна Хет киһитин Елон кыыһын Басемааты ойох ылбыт. 35 Ол дьахталлар Йиц-хаакка уонна Ривекаҕа элбэх эрэйи аҕалбыттар.

