Благотворительность
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)
Целиком
Aa
На страничку книги
Айыллыы (Книга Бытия на якутском языке)

29

Йааков салгыы барбыт. Илиҥҥи дьон сиригэр тиийбит,2көрбүтэ: арай, толооҥҥо холуодьас баар эбит, оттон ол аттыгар кыра сүөһү үс үөрэ сытар эбит, тоҕо диэтэххэ, ол холуодьастан сүөһүнү уулаталлар эбит. Оттон холуодьас айаҕар улахан таас сытар эбит.3Онно сүөһү үөрэ барыта муһуннаҕына, маныыһыттар ол таа-һы холуодьас үрдүттэн түһэрэллэр эбит уонна сүөһүнү уулатан баран ол тааһы төттөрү оннугар, холуодьас айаҕар уураллар эбит.4Йааков кинилэртэн ыйыппыт: «Убайдарыам, хантан сылдьаҕыт?» Ону кинилэр: «Биһиги Хараантан», — диэбиттэр.5Кини: «Эһиги Нахуор уола Лавааны билэҕит дуо?» — диэн ыйыппытыгар, кинилэр: «Билэбит», — диэбиттэр.6Кини буоллаҕына: «Этэҥҥэ дуо, кини», — диэн ыйыппытыгар, анарааҥҥылара: «Этэҥҥэ, бу кыыһа Рахель сүөһүтүн үөрүн кытта иһэр», — диэбит-тэр.7Йааков: «Күн өссө да уһун, сүөһүнү мунньар кэм буолбатах. Сүөһүлэргитин уулатыҥ уонна баран мэччи-тиҥ», — диэбит.8Кинилэр эппиттэр: «Сүөһү үөрэ барыта мустуор диэри сатаммат. Тааһы холуодьас айаҕыттан тү-һэрдэхтэринэ, сүөһүнү уулатыахпыт».9Кинилэр кэпсэтэ турдахтарына, Рахель аҕатын барааннарын үөрүн илдьэ кэлбит, кини маныыһыт эбит.10Йааков ийэтин убайа Лаваан кыыһын Рахели уонна ийэтин инитэ Лаваан сүө-һүлэрин көрөн, холуодьас айаҕыттан били тааһы түһэрбит уонна ийэтин убайын Лаваан барааннарын уулаппыт.

пЙааков Рахели сыллаан ылбыт уонна ытаан тоҕу бар-быт.12Йааков Рахельга аҕатын аймаҕа уонна Ривека уола буоларын эппит. Оттон Рахель сүүрэн тиийэн аҕатыгар кэпсээбит.13Лаваан балтын уола Йааков кэлбитин истэн, кинини көрсө охсон, ыга кууспут, сыллаабыт уонна дьиэ-тигэр киллэрбит. Онуоха кини Лавааҥҥа маны барытын саас-сааһынан кэпсээбит.14Лаваан Йааковка: «Эн — чахчы мин аймаҕым буолаҕын: мин уҥуоҕум уҥуохтааххын, мин этим эттээххин», — диэбит. Йааков киниэхэ ый устата олорбут.15Лаваан Йааковка: «Ама да аймаҕым буолбутуҥ иһин, босхо үлэлиэҥ дуо? Үлэҥ иһин тугу эрэйэргин эт», — диэбит.16Лаваан икки кыыстаах эбит: улахана Лия диэн ааттаах, кырата — Рахель диэн эбиттэр.17Лия хараҕынан мөлтөх эбит, оттон Рахель быһыытынан-таһаатынан да, дьүһүнүнэн да кэрэ эбит.18Йааков Рахели таптаабыт, онон эппит: «Сэттэ сыл эн кыра кыыһыҥ Рахель туһугар эйиэхэ үлэлиэм».19Онуоха Лаваан: «Сөп, атын киһиэхэ биэриэм оннугар кинини эйиэхэ биэриэм, биһиэхэ хаал», — диэ-бит.20Йааков Рахель туһугар сэттэ сыл үлэлээбит. Ол киниэхэ, Рахели таптыыра бэрдиттэн, аҕыйах күн кэриэтэ ааспыт.21Онуоха Йааков Лавааҥҥа: «Ойохпун аҕал, бол-дьоҕо туолла, киниэхэ киириэм этэ», — диэбит.22Лаваан дьонун-сэргэтин мунньан малааһын оҥорбут.23Киэһэ буолбутугар кини кыыһын Лияны ылбыт уонна Йааковка илпит, Йааков киниэхэ киирбит.24Лаваан кыыһыгар Лияҕа бэйэтин кулут дьахтарын Зилфааны кулуттата биэрбит.25Йааков сарсыарда көрбүтэ: арай, аттыгар Лия сытар эбит. Кини Лавааҥҥа: «Тоҕо итинник гынныҥ? Ама, мин эйиэхэ Рахель туһугар үлэлээбэтэҕим дуо? Тоҕо миигин албыннаатыҥ?»— диэбит.26Лаваан: «Биһиги дойдубу-тугар маннык гымматтар: улаханы ойох биэриэх иннинэ кыраны биэрбэттэр,27уруу сэттэ күнэ аастын, оччоҕо кинини эмиэ биэриэхпит, ол туһугар миэхэ өссө сэттэ сыл үлэлиэҕиҥ», — диэбит.28Йааков уруу сэттэ күнэ ааһарын кэтэспит. Онуоха Лаваан кыыһын Рахели ойох биэрбит.

29Лаваан кыыһыгар Рахельга бэйэтин кулут дьахтарын Билхааны кулуттата биэрбит.30Йааков Рахельга киирбит, кини Рахели Лиятааҕар ордук таптаабыт, онон Лаваанна өссө сэттэ сыл үлэлээбит.31Айыы Тойон Лия көйгөтүллэ сылдьарын көрбүт уонна кини киэлитин арыйбыт, оттон Рахель төрөөбөт төлкөлөммүт.32Лия хат буолбут, онтон уол оҕону төрөппүт. Оҕотун Реувен диэн ааттаабыт. Тоҕо диэтэххэ, кини: «Айыы Тойон мин эрэйбин көрдө, эрим дьэ таптыаҕа», — диэбит.33Кини өссө хат буолбут уонна уол оҕону төрөппүт: «Айыы Тойон мин сириллэ сылдьарбын истэн бу миэхэ өссө оҕо биэрдэ», — диэбит уонна оҕотун Шимеон диэн ааттаабыт.34Онтон өссө хат буолан уол оҕону төрөппүт уонна: «Билигин баҕас, эрим миэхэ дьэ сыстар ини: мин киниэхэ үс уолу төрөттүм«, — диэбит. Ол иһин кинини Левий диэн ааттаабыт.35Өссө хат буо-лан уолу төрөппүт уонна: «Дьэ билигин Айыы Тойону айхаллыыбын», — диэбит. Ол иһин уолун Йехуда диэн ааттаабыт. Ол кэннэ төрөөн бүппүт.